Саа дьылынан-文本歌词

Саа дьылынан-文本歌词

Kirilloo&Pennyskywalker&Харысхан Мойтохонов&VILUNCHO&Nuyrga&YOPPA
发行日期:

Эмиэ бу эргиллэн кэллэ

Биир сыл ааһан эрэр

Онтон эн сэгэр, кинини эрэ

Ахтаҕын, саныыгын соҕотох тапталгын

Ёлка анныгар сытар дьонуҥ бэлэҕэр

Наадыйбаккаҕын киниэхэ суруйаҕын эппиэт

Кэлэн иһэринэн эйиэхэ эҕэрдэ

Мин эмиэ таптыыбын

Диэтиҥ уонна ыыттыҥ

Дьолунан туол, туол

Эн бу күн сиригэр доҕорум

Суох, суох, суох

Соҕотох буотаххын доҕоруом

Оо эн эмиэ дьолунан туолуоҕуҥ

Оо бүгүн бары бииргэ буолуохпут

Эн бу түгэни күүт бүгүн түүн

Баҕа санаа туолуо

Аттыгар баар чугас дьоҥҥунан атаар бу

Кэннигэр куһаҕан күннэри

Саҥа дьылга саҥа киһи кэлэбин

Биир баҕа санаам дьоммор бэлэх биэрэрим

Кинилэр мичээрдэрэ миигин ититэрэ

Кыһыҥҥы тымныы да күннэргэ

Эргэ кулуупка кэнсиэр буолар бүгүн

Салют уотугар эн мичээргин көрөбүн

Сиэтэн мин ылбыппын өйдөөн да хаалбатахпын

Эн кэрэ көстүүгүн сөҕөбүн

Таһырдьа хаар хаар

Сүрэххэр таптал

Тоҕо алдьанна?

Ким эйиигин күүскэ ытатта?

Ким бэлэҕэй ити, кинини үөрдүбэтий?

Саҥа дьыл түүн тоҕо сүрэх сөрүүн?

Сарсын саҥа үүнүө күн

Үөрүүй күн курдук күлүмнүү

Курус санааҕын көтүтүүй

Дьолунан туол, туол

Эн бу күн сиригэр доҕорум

Суох, суох, суох

Соҕотох буотаххын доҕоруом

Оо эн эмиэ дьолунан туолуоҕуҥ

Оо бүгүн бары бииргэ буолуохпут

Эн бу түгэни күүт бүгүн түүн

Баҕа санаа туолуо

Аттыгар баар чугас дьоҥҥунан атаар бу

Кэннигэр куһаҕан күннэри

Аҕыйах чаас хаалла

Тапталы аҕалар

Саҥа сылбыт сотору биһиэхэ саҕаланар

Аттыгар баар буолуо сүрэҕиҥ аҥара

Ааспыт сылы иккиэн дьоллоохтук атаара

Остуолу тардан чугас дьон мустар

Салют тыаһыгар көтөҕүөх бокал

Баҕарбыккын барытын эн санаа

Бу түүн толоруо тугу баҕарар

Мандарин сыта

Остуол тардылынна

Саамай чугас дьоммут бары биир остуолга

Саҥа дьыл аһа

Саҥа сыл аһа

Аһа аһа

Оливье салат

Мин Чысхаантан кырачаан

Тииспэр кыра алмаасчаан

Подарок бөҕө ылан

Эйиэхэ мин бэлэхтиэм

iPhone, Dyson

Уонна бэйэбэр PlayStation

Саҥа дьыл кэллэ ыччаттарга эҕэрдэ

Ыарахан соҕус сыл ааста ол эрэн бүттэ этэҥҥэ

Ким эрэ барда кэллэ

Ким эрэ оҕо диэн дьолу биллэ

Бу кэрэ бэлиэ күнү дьиэ кэргэннэринэн атаарыахха бииргэ

Туолбатах баҕа санаалары хаалларыахха сүүрбэ төрдүс сылга

Ол бу араас түгэннэр буолан аастылар

Бэрт да буолуо ахтан саныырга

Таһырдьа оҕолор онньууллар наадыйбакка тымныыга

Ким бу сылга бэйэтин үчүгэй өтүттэн көрдөрбүт

Чысхаан оҕонньор бэлэҕин ылла

Дьолунан туолуох

Бу аптаах түүҥҥэ

Бары тэҥҥэ

Дьолунан туол, туол

Эн бу күн сиригэр доҕорум

Суох, суох, суох

Соҕотох буотаххын доҕоруом

Оо эн эмиэ дьолунан туолуоҕуҥ

Оо бүгүн бары бииргэ буолуохпут

Эн бу түгэни күүт бүгүн түүн

Баҕа санаа туолуо

Аттыгар баар чугас дьоҥҥунан атаар бу

Кэннигэр куһаҕан күннэри